adiray re & amikan - харыстаа (save) lyrics
[текст песни «харыстаа»]
[куплет 1: adiray re]
эн уордун мин сүрэхпин, аны кэлин
эн миэхэ таабырынын, мин эн көмүскэлин
мин өйдүүбүн барытын тугу кистииргин доҕор
сатаан эппэтин да буоллар мин оннубар хоһоон
тиэрдиэм барытын аттыгар сылаас салгын
сипсийэн атын хайысханан
эн мин аналым буоларгын, оннук буоллун илэ
мин санаам үөрэр соҕотох олохпор эйигин көрбүппэр
аны ыыппаппын ханна да
эн эмиэ харыстаа дуу? судургу тыл тапталы таптаа
бэлэхтээ бу түүн, буол мин бүтүннүү
түннүк нөҥүө хараҥа түүнтэн көмүскүүбүн
сирим симэҕэ, харыстаа сыһыаны
[предприпев: adiray re]
олоҕум кэрэ бэлэҕэ ылланар ырыабар
эн эрэ бааргын миэхэ бырах туора туҥкуйуу
эйигин буламмын бу сиргэ уоскуйдум
[припев: amikan]
сэгэриэм, ыллыыр ырыабын харыстаа
умайар уокка+төлөҥҥө быраҕыма
санаа онно көтөҕүллэрэ түһэрэ
икки сүрэх биир тэҥҥэ тэбэрэ
сэгэриэм, ыллыыр ырыабын харыстаа
умайар уокка+төлөҥҥө быраҕыма
санаа онно көтөҕүллэрэ түһэрэ
икки сүрэх биир тэҥҥэ тэбэрэ
[куплет 2: adiray re]
ырыаһыт олоҕо билэбин өйдүүргүн
туора харахтарга күнүүлүүргүн
оннук буолбат хаһан да, барбаппын ханна да
сэгэриэм, ыллыыр ырыабын харыстаа
итэҕэй, аймаама кэбирэх сүрэхпин
дьоллоох буолуом суоҕа кимниин да мин
эйигиттэн ураты көрбөппүн атыны
ким да бэлэхтээбэт эн курдук тапталы
сыһыарбаппын сыһыаммын, аны сыыспаппын
аны бэйэм таспыттан ханна да ырааппаппын
мин аатым эн таскар дьоллоох
олохпут устун тэҥҥэ хаамар суолбутун оҥостуох
сирим симэҕэ харыстаа сыһыаны
[предприпев: adiray re]
олоҕум кэрэ бэлэҕэ ылланар ырыабар
эн эрэ бааргын миэхэ бырах туора туҥкуйуу
эйигин буламмын бу сиргэ уоскуйдум
[припев: amikan]
сэгэриэм, ыллыыр ырыабын харыстаа
умайар уокка+төлөҥҥө быраҕыма
санаа онно көтөҕүллэрэ түһэрэ
икки сүрэх биир тэҥҥэ тэбэрэ
сэгэриэм, ыллыыр ырыабын харыстаа
умайар уокка+төлөҥҥө быраҕыма
санаа онно көтөҕүллэрэ түһэрэ
икки сүрэх биир тэҥҥэ тэбэрэ
сэгэриэм, ыллыыр ырыабын харыстаа
умайар уокка+төлөҥҥө быраҕыма
санаа онно көтөҕүллэрэ түһэрэ
икки сүрэх биир тэҥҥэ тэбэрэ
сэгэриэм, ыллыыр ырыабын харыстаа
умайар уокка+төлөҥҥө быраҕыма
санаа онно көтөҕүллэрэ түһэрэ
икки сүрэх биир тэҥҥэ тэбэрэ
Random Lyrics
- gimisum family - fuck that hoe lyrics
- efo (tur) - eski ben öldü lyrics
- ballistic kisses - five o'clock world (12") lyrics
- stalagmite - moving mountains lyrics
- sofia gomez (usa) - replay lyrics
- carabin3 & tury - c&t* lyrics
- great lake swimmers - a distant star lyrics
- grupo frontera - monterrey lyrics
- cash carrera - 56 nights lyrics
- tommy torres - tú y yo lyrics