
aiyy siene - oq lyrics
[текст песни «oq»]
[куплет]
биһигини аан ийэ дойду
анаан минээн алаһа аарын аартыгар
олохтоох оройун ортотугар
уктаах маһын анныгар
көстүбэт эйгэ ыккардыгар
бүппэт олох оҥоһуутугар
сүппэт сүүрээн сүүрүгэр
көппөт көмүөл күүһүгэр
ыырданар ыллыгын ымыытыгар
курданар кулуһунун угуйугар
тойук тохтор тоҕойугар
мэҥэ элиэ дабатыытыгар
уһуктаах кудай бахсытыгар
эллэнэр болгуо уотугар
кырыктаах кыырыы кылыһыгар
тыллаах иччи эмэгитэр
кэҕэлээх көтөр этитиитигэр
эргиирдээх ирдиир иһитигэр
тоҕустаах тойон сүрэҕэр
аҕыстаах айыы сарыалыгар
сэттэлээх сэһэн сэппэтигэр
отуттаах олоҥхотугар
омуннаах оҥоһуутугар
оллур боллур оругар
ороһулаабыт оҕотугар
ойуктаах ойууһутугар
оһуордаах ойууругар
көстүбэт улуутугар
утуйбат уутугар
уйа тутан уһаппыта утаппыты
хаҥнарар тоҥмуту ириэрэр аппыты аһатар
аламай аргыстаах арылхай сүрэхтээх
киэҥ көҕүстээх
көнтөстөөх көхсүлээх
тэһиннээх арҕастаах
айыы хаан аймаҕын
айхаллаан айыы халлаан айбыта
Random Lyrics
- kaylee hazel - untitled 03 lyrics
- kroc blanc - ma puce lyrics
- e.k. - make sure you have enough coffins lyrics
- tocanna - xereca de fogo lyrics
- similivinlife - sexxxy lyrics
- waterbucket47 - bottle lyrics
- necrophile band - dawn of sorrow lyrics
- flight week - 20 (gibberish) lyrics
- ava (uk) - the long and winding road lyrics
- sun is poison - jersey devil lyrics