
fiesta (sakha) - мин сүрэхпэр (in my heart) lyrics
[текст песни «мин сүрэхпэр» ft. өркөн]
[припев: өркөн]
бу тэтим мин сүрэхпэр тэбэр
бу тэтим биир ситим эн сүргэҕэр
иһилин эн ыраахха тиийэ
саҥа үйэ баар буол ил+эйэ
[куплет 1: fiesta]
түүнүн утуйбакка айар аартыкка
олохсойбута ыраатта сүрэхпэр музыка
хас сыл ааста тарбаххар аахпакка
fiesta — саҥа аат таҕыста
көрдөө эфирга, көрдөө миигин түһүлгэлэргэ
сүүрбэ биирис үйэ чыпчаалыгар үөһээ
айар ыарыым түүннэри бэргээн утуппат
эмтэнэр ньыманы ким да булбат
бу матыып буллар санаам далыгар
саҥа эрэ sr барытыгар
киэҥ тутун манан, эн сэргээ маны
истимэ урааҥхайтан атыны
хаалсыма, хардыылаа этэҥҥэ
хамсан бииргэ эн тэҥҥэ
ыччаттар иттэлэрэ эр саха бэртэрэ
респект, эҕэрдэ эһиэхэ
[припев: өркөн]
бу тэтим мин сүрэхпэр тэбэр
бу тэтим биир ситим эн сүргэҕэр
иһилин эн ыраахха тиийэ
саҥа үйэ баар буол ил+эйэ
[куплет 2: fiesta]
көр хараҥаҕа уматабын уоттары
убаастыыбын хоһуун санаалаах уолаттары
утарабын улуустаһан атааннаһыыны
хатыйбатын манна саха саханы
суох буоллун куттал, суох буоллун баттал
хас биирдии сүрэҕи салайдын таптал
илиигин аҕал биир сомоҕо буол, уол
итиннэ сытар сайдыыга суол, бро
кэтэһэбин сахам сирэ өрө тахсыытын
үүнэр көлүөнэ чөл олохтоох буоларын
өбүгэтим, бэйэтин төрүт тылын, кэлэр кэскилин, силиһин умнубатын
баҕарабын тас дойду баһылаабатын
баайбытын халаан, атыылаһан ылбатын
кэрэ аҥаардар айылҕаны харыстыах
мин сүрэхпэр биир санаа — саханы ааттатыах
[припев: өркөн]
бу тэтим мин сүрэхпэр тэбэр
бу тэтим биир ситим эн сүргэҕэр
иһилин эн ыраахха тиийэ
саҥа үйэ баар буол ил+эйэ
[проигрыш]
[припев: өркөн]
бу тэтим мин сүрэхпэр тэбэр
бу тэтим биир ситим эн сүргэҕэр
иһилин эн ыраахха тиийэ
саҥа үйэ баар буол ил эйэ
бу тэтим мин сүрэхпэр тэбэр
бу тэтим биир ситим эн сүргэҕэр
иһилин эн ыраахха тиийэ
саҥа үйэ баар буол ил эйэ
Random Lyrics
- idowhatiwant - id chose you 3 lyrics
- reign racks - automobile lyrics
- banda leste - mensagem da cruz lyrics
- cheap dirty horse - horse to go! lyrics
- l'morphine - high five lyrics
- młody dzban - analhista (zdechły osa diss) lyrics
- topman92 - как хотелось бы( how i wish i could) lyrics
- sia - pretty hurts lyrics
- xnti - over lyrics
- colo de deus - eu confio em ti / seu amor é (ao vivo) lyrics