
fiesta (sakha) - чуумпу кытыл (quiet coast) lyrics
[текст песни «чуумпу кытыл» ft. замир & milen]
[интро: fiesta]
икки сүрэх туспа кытыллар
тапталым остуоруйата
[куплет 1: fiesta]
өлбүт чуумпуга саҥата суох ытыам
иччитэх хаалбыт кытылга айманыам
ол эрэн мин эрэниэм тапталга
эн суоххар ардыгар олус ыарахан тыынарга
хас күн, хас түүн ахсын эн миигиттэн ырааппыккын
мин бэйэм да сэрэйбэккэ хаалбыппын
тулабын сырдаппыт сыһыанын барытын
саһыара кистээбит эн албын тапталын
бу уурбут сүүрбэ сылын устата
элбэх кыыс сылааһын сүрэҕэр умсубута
киннэртэн эйигин курдук чугастык кими да истиҥник таптаабатаҕа
көр мин диэки хара көмүс хараххынан
оонньоон бүт эн бу тапталынан
мин уйаҥ сүрэхпин эн алдьатан
миигиттэн бара сатаама туспа суолунан
[припев: замир]
тутула суох таптыырбын билиэхтэххин
хайа да түгэҥҥэ миэхэ эрэниэхтээххин
тугу да этимэ эн миэхэҕэ
сүрэҕим анаммыта эйиэхэҕэ
тутула суох таптыырбын билиэхтэххин
хайа да түгэҥҥэ миэхэ эрэниэхтээххин
тугу да этимэ эн миэхэҕэ
сүрэҕим анаммыта эйиэхэҕэ
[куплет 2: milen, замир & fiesta]
билигин ыйытыам этэ эйигиттэн
сүүһүнэн ахтылҕан күннэрин кэнниттэн
өйтөн сүппэт аптаах түүннэртэн
астынар этиҥ этэ дуо эн миигиттэн?
кэпсээ эн миэхэ кистэлэҥин дьиҥ кырдьыгын
тугум иһин уларыттын миэхэ эн сыһыаҥҥын
хайа эр+бэрдэ сүрэххин эстэрдэ?
эрэнэрдэ билбэтэх сылааскын бэристэ
эбэтэр эн мин санаабынан оонньуугун
төһө күүскэ таптыырбын билэ сатаан сордуугун
миигин оҥордун айманнык дууһалаах
эдэр сааспар сатамматах тапталлаах
куйаас сайын сүрэхпэр кырыа кыһын
арахсыы эн мэлдьи санатаҕын
сииктээх күһүн уулусса хараҥа түүн
таһырдьа биир тылынан сөрүүн
соҕотоҕун кэтэһэн турбутум өрүү
эн мичээргин көрөөрүбүн бөлүүн
халлаан ытыыр, сырдаппат самыыр
оннук сылаастык мин санаам таптыыр
[припев: замир]
тутула суох таптыырбын билиэхтэххин
хайа да түгэҥҥэ миэхэ эрэниэхтээххин
тугу да этимэ эн миэхэҕэ
сүрэҕим анаммыта эйиэхэҕэ
тутула суох таптыырбын билиэхтэххин
хайа да түгэҥҥэ миэхэ эрэниэхтээххин
тугу да этимэ эн миэхэҕэ
сүрэҕим анаммыта эйиэхэҕэ
[постприпев: fiesta]
өлбүт чуумпуга саҥата суох ытыам
иччитэх хаалбыт кытылга айманыам
ол эрэн эрэниэм тапталга
эн суоххар ардыгар олус ыарахан тыынарга
Random Lyrics
- mika montag - mikochika lyrics
- javiielo, rvfv & nekxum - tu vas a ser mia lyrics
- jane remover - dreamflasher (music video version) lyrics
- harrison abell - back again lyrics
- walt from.the.future - act i & ii. grgs // my american nightmare. lyrics
- kludde - horla iii: over wraak lyrics
- sunshine christo - heavenly hills lyrics
- d (visual kei band) - tightrope lyrics
- boss the big bit - the eagle has landed lyrics
- theo & luan - quando tudo for saudade (ao vivo) lyrics