azlyrics.biz
a b c d e f g h i j k l m n o p q r s t u v w x y z 0 1 2 3 4 5 6 7 8 9 #

jeedda - мөккүспэппин (i don't argue) lyrics

Loading...

[текст песни «мөккүспэппин»]

[интро]
таас сүрэхтэри тилиннэрэ сатаан
үтүөлүүн мөкулуун мөккүһэр сүрэхтэргэ анаан

[припев]
тулуйар диэни умнаммын, тулабын тылынан уоттааммын
тугунан тыыннаах хаалабын, туоххаһыйбаппын
кэлэйэр+хомойор санаабар, кэлэри күүтүөх да баара
кэрэтиэн сырдык хараҥа, мөккүспэппин

[куплет 1]
сүрэҕим сүбэтин истэммин
кистэлэҥи кичэйэн кистээммин
оһулу уҥуордаан, көҥүлү мин ааттаан
тыл уотугар умайарга бэлэммин
оттон эн бу кутааттан иттэҕин буолбат дуо?
атаскаан киһигин — сахалыы тыллааххын
ол иһин эрэ билигин эн тыыннааххын
бу тэтими наар эргитэннин аҕал
сахаларбар махтал уонна айхал
сырдык кыымнаах сытыы хатыылаах
сурэҕим тэбэрин тухары көр тыыннаах
эт хайа баарый муҥура суох дириҥ куйаар диэҥҥит?
көрө иликпин, билэ иликпин өйдүү иликпин
мин бэйэм муҥура суох дириҥмин
[припев]
тулуйар диэни умнаммын, тулабын тылынан уоттааммын
тугунан тыыннаах хаалабын, туоххаһыйбаппын
кэлэйэр+хомойор санаабар, кэлэри күүтүөх да баара
кэрэтиэн сырдык хараҥа, мөккүспэппин

[куплет 2]
эт, итэҕэтиэн дуу?
итиннэ өскөтүн бэйэн да кэмсинэн
олоҕу олорбут киһилии омолуйдун ол эрэн билбэккин
билэ иликкин ким илиититтэн бу иитиллэрин эппэтилэр
ол иһин эрэ биир эдэр сүрэх түмүгү кэтээн тумсэҕэ тиистээх
мөккүөртэн сүрэҕим үөрбэт мөкүнү утарары мин өр да күүттүм
өр да күүттүм, өлөн тилинним, мантан иннэ мөккүспэппин
хайа баарый муҥура суох дириҥ куйаар диэҥҥит?
көрө иликпин, билэ иликпин өйдүү иликпин
мин бэйэм муҥура суох дириҥмин

[бридж]
тулуйар диэни умнаммын, тулабын тылынан уоттааммын
тугунан тыыннаах хаалабын, туоххаһыйбаппын
кэлэйэр+хомойор санаабар, кэлэри күүтүөх да баара
кэрэтиэн сырдык хараҥа, мөккүспэппин

[припев]
тулуйар диэни умнаммын, тулабын тылынан уоттааммын
тугунан тыыннаах хаалабын, туоххаһыйбаппын
кэлэйэр+хомойор санаабар, кэлэри күүтүөх да баара
кэрэтиэн сырдык хараҥа, мөккүспэппин



Random Lyrics

HOT LYRICS

Loading...