
kitjah - айдам-сайдам (aidam-saidam) lyrics
[текст песни «айдам+сайдам»]
[куплет 1]
айгыр астаах силиктээх аал луук мас
аан алахчын ыйыгар биирдии уус талаҕыгар
саҥа сэбирдэх үөскэтэр тылыннарар
ол күнтэн ылата олохпун одун хаан айбыта
томолоон маҥан күннээх күөх халлаан анныгар
окко түспүт оҥоһуум сииккэ түспүт сэрэбэйим
бэйэн эрэ билэн эрдэҕин миигин туох кэтэһэрий
[предприпев]
иэйэхсит эдьээн ийэ хотун үтүө тыына
бар дьоммун барыларын үҥэн этэбин арыаллаа
илиҥ халлаан аҕата үрүҥ айыы аар тойонум
ыраах чугас аймахтарбын көрдөһөн эрэбин арчылаа
[припев]
аал уоккар аста кээс эһээм оҕонньор
аар баарбах сэргэн анныгар туойдун тойук
олоҥхо, оһуохай, чохчоохой дьиэрэҥкэй
дэлэйдин дьолун диэ (е, е, е, е)
аал уоккар аста кээс эһээм оҕонньор
аар баарбах сэргэн анныгар туойдун тойук
олоҥхо, оһуохай, чохчоохой дьиэрэҥкэй
дэлэйдин дьолун диэ (айдам сайдам)
[куплет 2]
айдам сайдам дьиэ уот туттан
айҥаат хаан аймах уҥаар буруота уостума
умуллума ханна да буоллум умнума
бэйэҥ мутуккун көрдүм ээ
(алҕаар хаан тэтэрикээн) алҕаар хаан тэтэрикээн
аан дойдубут киэҥ да киэҥ, ханна баарый мин да мин
биирдэ эрэ кэлбитим, саха буолан төрөөбүтүм
бэйэм тылбын билээрибин, итэҕэлбин өйөөрүбүн
өбүгэбин өйдөөрүбүн
санаабын санаа сап саҕырбатын
адьарай хараҥа дьай мин суолбар турбатын
им балай мин туонабын буулаабатын
аартык биэдин иннигэр, эрэлин эрэ баар илиигэр
сүрэҕин истинник үөрэригэр
олох бэйэтэ үөрэтэр, уустуктартан күрэтэр
[предприпев]
иэйэхсит эдьээн ийэ хотун үтүө тыына
бар дьоммун барыларын үҥэн этэбин арыаллаа
илиҥ халлаан аҕата үрүҥ айыы аар тойонум
ыраах чугас аймахтарбын көрдөһөн эрэбин арчылаа
[припев]
аал уоккар аста кээс эһээм оҕонньор
аар баарбах сэргэн анныгар туойдун тойук
олоҥхо, оһуохай, чохчоохой дьиэрэҥкэй
дэлэйдин дьолун диэ (е, е, е, е)
аал уоккар аста кээс эһээм оҕонньор
аар баарбах сэргэн анныгар туойдун тойук
олоҥхо, оһуохай, чохчоохой дьиэрэҥкэй
дэлэйдин дьолун диэ (айдам сайдам)
Random Lyrics
- kariana moreno - glittery lyrics
- club célest - au dedans lyrics
- ライララ (lailala) - yaju & u-short ver lyrics
- darlings of the splitscreen - hiroshima lyrics
- michael mcarthur - a conversation before bed lyrics
- cool -n- groove - jazzin' lyrics
- th - la croisière s'amuse lyrics
- lil zare - 360 lyrics
- eric armitage - stroll lyrics
- sinfonia de hiroto - meu gato se chama saudade lyrics