neer1k - spring love lyrics
эмиэ саныыр санаам барыта эн
түннүгүм нөҥүө көстөр кини кырыарбыт хараҕа
түүлбэр киирэҥҥин эн оргууй уураа
миигиттэн дьоллоох киһи суох бу аан дойдуга
харахпар кэрэ кыталык кэриэтэ
сырыстым эйиигин мин күнү эккирэтэ
кини сэбэр этэ
сылаас да илиитэ
бу дьиҥ таптал бэлиэтэ
тоҕо туораттын
кимтэн эн куотаҕын
уунуом этэ сурэхпин барытын
сабыый харахтаргын
уонна бардыбыт
ытыс ытыска баайыллан
сырдык сулустарынан
бүрүммүт халлаан аннынан
сүрэҕин ханна талбытынынан
күммүт саспытыгар эн аттыгар
биир түүн аҕыйах
хайдах тыынарбын умнубуппун
(тыынарбын умнубуппун)
биллибэккэ эмиэ тиийэн кэллиҥ
утуйар кэммин киэргэтэҥҥин
дьин олоххо бааргын биллэрэҥҥин
уһуктуохпун баҕарбаппын эйигинниин
эмиэ саныыр санаам барыта эн
түннүгүм нөҥүө көстөр кини кырыарбыт хараҕа
түүлбэр киирэҥҥин эн оргууй уураа
миигиттэн дьоллоох киһи суох бу аан дойдуга
таспар күн тыгар кини баарына
кини таһыгар хаамтым мин астына
таптыыбын эйигин
туохтааҕар да күүскэтик
Random Lyrics
- the twins (synth) - the long goodbye (2011 album version) lyrics
- fagwisht - for you lyrics
- heartless wilderness - affirmations/sleepinstead lyrics
- snoop dogg & dr. dre - shangri-la lyrics
- chillover - токийский дрифт (tokyo drift) lyrics
- asbo slipz - pigs (evolution mix) lyrics
- izaya tiji - can't die, i'm stubborn lyrics
- pierre guénard - j'ai pas dit oui lyrics
- big tulen - mama gerakl lyrics
- rof-mao - 一撃 (ichigeki) lyrics