azlyrics.biz
a b c d e f g h i j k l m n o p q r s t u v w x y z 0 1 2 3 4 5 6 7 8 9 #

айыы уола (aiyy uola) - эһиэхэ аныыбын (dedicate to you) lyrics

Loading...

[текст песни «эһиэхэ аныыбын»]

[куплет 1]
айылҕа чочуйбут оҕото буоламмын
бу орто дойдуга ыллаары кэлбитим
кэрэни, үөрүүнү бэлэхтиир баҕаттан
бу ырыам тылларын эһиэхэ аныыбын

[припев]
ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым
мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым
ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым
мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым

[куплет 2]
ыллыаҕым ырыабар сүүрүктээх үрэҕи
туойуоҕум тойукпар толомон хонууну
үрдүк таас хайаны, халыҥ тыа ойууру
ханнык да дьыл кэмигэр сүрэхтэн иэйэммин

[припев]
ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым
мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым
ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым
мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым
[куплет 3]
бэлэхтиэм эһиэхэ ып+ыраас тапталы
сүрэхтэн кутуллар бу тыыннаах тыллары
бэлэхтиэм эһиэхэ кырдьыгы хоһуйан
олоххо кэрэни, үтүөнү баҕаран

[припев]
ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым
мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым
ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым
мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым
ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым
мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым
ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым
мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым



Random Lyrics

HOT LYRICS

Loading...