ponsash - саҥа күн (new day) lyrics
[текст песни «саҥа күн»]
[куплет 1]
иһийдэ, тулам иһийдэ
уу чуумпу уонна тымныы да күннэр
хараҥаҕа сырдык көһүннэр
ыҥырар сиргэр мин тиийиэм этэ
хаһан да, хаһан да саҥаттан
көдьүйбэт көспүт кута
сойбут тыла тилиннэрэн
диэкиттэн сылаас иэлгирдэрэн
ыҥырар сиргэр мин тиийиэм этэ
[припев]
кустугас уруккубун умнаммын
ааспыппын атаарбыт буоламмын
күнтэн күн күүтүөм, кэмтэн кэм кэтиэм
саҥа күнүм сарсыардатын
(күнтэн күн көрбүтүн күүтүөм
кэмтэн кэм кэлбэтин кэтиэм
күнтэн күн көрбүтүн күүтүөм
кэмтэн кэм кэлбэтин кэтиэм
күнтэн күн көрбүтүн күүтүөм
кэмтэн кэм кэлбэтин кэтиэм
күнтэн күн көрбүтүн күүтүөм
кэмтэн кэм кэлбэтин кэтиэм)
[куплет 2]
үгүстэ тумаҥҥа сытар
туоратын булуоҕа чугдаар иннин
сүрэҕим этэрин истэн кэлэммин
тиһэҕэр кэмсимэппин диэҕим дуо? (диэҕим дуо?)
туохтан бу? туохтан бу истиҥин?
хомойбут курдук кистээтиҥ
туруммут айаммыт түмүгэр
ыҥырар сиргэр тиийэр түгэммэр
саҥа күн курдук күүтүөн этэ дуо? (күүтүөн этэ дуо?)
[припев]
кустугас уруккубун умнаммын
ааспыппын атаарбыт буоламмын
күнтэн күн күүтүөм, кэмтэн кэм кэтиэм
саҥа күнүм сарсыардатын
кустугас уруккубун умнаммын
ааспыппын атаарбыт буоламмын
күнтэн күн күүтүөм, кэмтэн кэм кэтиэм
саҥа күнүм сарсыардатын
(күнтэн күн көрбүтүн күүтүөм
кэмтэн кэм кэлбэтин кэтиэм
күнтэн күн көрбүтүн күүтүөм
кэмтэн кэм кэлбэтин кэтиэм
күнтэн күн көрбүтүн күүтүөм
кэмтэн кэм кэлбэтин кэтиэм
күнтэн күн көрбүтүн күүтүөм
кэмтэн кэм кэлбэтин кэтиэм)
Random Lyrics
- boy $cout gatsby - hasta la vista lyrics
- sky de azul - pose lyrics
- phil campbell and the bastard sons - maniac lyrics
- armando castillo - glovo lyrics
- hamatzmed - המצמד - h.a.m.a.t.z.m.e.d - ה.מ.צ.מ.ד lyrics
- dieqo - lüge lyrics
- #alexfoxz - berry basket lyrics
- ヘラヘラ三銃士 (hera hera sanjushi) - 友愛〜blessing〜 lyrics
- d3mery - mother nature lyrics
- b0r0s - rigmarole lyrics