azlyrics.biz
a b c d e f g h i j k l m n o p q r s t u v w x y z 0 1 2 3 4 5 6 7 8 9 #

serge & erkhaan - кини хамнаныылара (her movements) lyrics

Loading...

[текст песни «кини хамнаныылара»]

[куплет 1: serge]
эн үҥкүүлүүргүттэн кынаттанан
өйбүн сүтэрэбин наар
билэҕин дуо эн ону?
өссө биирдэ көрөөрү хамнаныыларгын (эй)
эн хамнаныыларгын (воу)
көрдөһөбүн үҥкүүлээ
эн тапталгыттан мин кынаттанан
халлааҥҥа диэри дабайыам
тоҥмут эн дууһаҕар мин оргууй аҕай
күнтэн сылааһын аҕалыам

[бридж: serge]
хамнаныый дуу эн (хамнан)
мин курдук бу эн, хамнаныый дуу эн, эн

[припев: serge & erkhaan]
кини хамнаныылара иирдэр кими баҕарар
оо, айыы таҥара, баар буолууй эн эрэ аттыбар
тыынарбар, айарбар иэйиим буолаар
оо, айыы таҥара, баар буолууй эн эрэ аттыбар
аттыбар, аттыбар (эй)
аттыбар, аттыбар, аттыбар (ха+ха, окей, е)
[куплет 2: erkhaan]
күлүмүрдэс түүҥҥэ көрүстүм
эн тураҕын онно үҥкүүлүү
эн эрэ атын уратытык хамнанаҕын
үҥкүүлээ дуу ис сүрэхтэн, хатылаан ис бу тэтими
умайа сылдьар харахтарбар кини хамнаныылара
эн тапталгыттан мин кынаттанан (эй)
халлааҥҥа диэри дабайыам
тоҥмут эн дууһаҕар мин оргууй аҕай
күнтэн сылааһын аҕалыам

[бридж: serge]
хамнаныый дуу эн
мин курдук бу эн хамнаныый дуу эн, эн

[припев: serge & erkhaan]
кини хамнаныылара иирдэр кими баҕарар
оо, айыы таҥара, баар буолууй эн эрэ аттыбар
тыынарбар, айарбар иэйиим буолаар
оо, айыы таҥара, баар буолууй эн эрэ аттыбар
аттыбар, аттыбар (эй)
аттыбар, аттыбар, аттыбар



Random Lyrics

HOT LYRICS

Loading...