snow voice - сылаас тыал (warm wind) lyrics
[текст песни «сылаас тыал»]
[припев: михаил кычкин, андрей говоров & erkhaan]
сылаас тыал иэдэспин бигиирин
эн тыынын кэлэр дии саныыбын
өрүллэр сүүрүктэр тыастарын
эн көмүс куоласкар холуубун
хараҥа кэрэ да киэһэлэр
халлааҥҥа сулустар хойдоллор
эйигин кинилэр, кинилэр
этэргэ кэпсииргэ дылылар
[куплет 1: erkhaan, михаил кычкин, андрей говоров, erkhaan, андрей говоров & михаил кычкин]
кынаттаах буолларбын бүгүн
мин эн суолгун сонордуу көтүөҕүм, көтүөҕүм
им сүтэр, күн киирэр түгэнин
чыпчаалга олорон көрсүөҕүм
халлааңңа сурулуу көтөммүн
эн ааккын киэргэтэн суруйуом, суруйуом
харахха көстүбэт үрдүктэн
эн кэрэ мичээргин хоһуйуом
өскөтүн мэник тыал буолларбын
эн ааспыт аартыккын таарыйыам, таарыйыам
салама ыйаабыт хатыҥҥын көрөммүн
сүрэхтиин манньыйыам
[припев: михаил кычкин, андрей говоров & erkhaan]
сылаас тыал иэдэспин бигиирин
эн тыынын кэлэр дии саныыбын
өрүллэр сүүрүктэр тыастарын
эн көмүс куоласкар холуубун
хараҥа кэрэ да киэһэлэр
халлааҥҥа сулустар хойдоллор
эйигин кинилэр, кинилэр
этэргэ кэпсииргэ дылылар
[куплет 2: erkhaan, михаил кычкин, михаил кычкин, андрей говоров & erkhaan]
өскөтүн мин ардах буолларбын
эн эрэ ыырдаргар таммалыам, таммалыам
эн ааспыт суолларгын батыһа
эн көмүс мөссүөҥҥэр төҥкөйүөм
ол түһэр тамахтыын ытаһан
туолбахтах ырабар сууланыам, сууланыам
эн киирбит сахалыы алаһа
ааныгар иҥнэммин санньыйыам
[припев: михаил кычкин, андрей говоров & erkhaan]
сылаас тыал иэдэспин бигиирин
эн тыынын кэлэр дии саныыбын
өрүллэр сүүрүктэр тыастарын
эн көмүс куоласкар холуубун
хараҥа кэрэ да киэһэлэр
халлааҥҥа сулустар хойдоллор
эйигин кинилэр, кинилэр
этэргэ кэпсииргэ дылылар
[постприпев: михаил кычкин, андрей говоров & erkhaan]
хараҥа кэрэ да киэһэлэр
халлааҥҥа сулустар хойдоллор
эйигин кинилэр, кинилэр
этэргэ кэпсииргэ дылылар
хараҥа кэрэ да киэһэлэр
халлааҥҥа сулустар хойдоллор
эйигин кинилэр, кинилэр
этэргэ кэпсииргэ дылылар
Random Lyrics
- gigi perez - summertime sadness (triple j like a version) lyrics
- kashmustdie - new level lyrics
- dustin lynch - getaway car lyrics
- гио пика (gio pika) - северный ветер (north wind) lyrics
- dori (fra) & waren - t'sais bien lyrics
- molodoikartel - ultimate (bonus track) lyrics
- kcs - a un lado lyrics
- telecomando - strada della zona industriale lyrics
- scorpion - эквилибриум (equilibrium) lyrics
- jack (nl) - emotioneel beschadigd lyrics