snow voice - эйиэхэ анаан (for you) lyrics
[текст песни «эйиэхэ анаан»]
[куплет 1: erkhaan, андрей говоров, михаил кычкин, андрей говоров & erkhaan]
билэҕин, доҕоруом, эйиэхэ
бу ырыам тылларын аныаҕым
сэгэрбэр эрэ мин оргууйдук
сэмээр тапталбын этиэҕим
итэҕэй тапталбар, күн көмүс
уотунуу сандаарар көмүһүм
эрэн дуу миэхэ күннэтэ
сүрэҕим тэбэрин иһийэн
[припев: михаил кычкин, андрей говоров, erkhaan & erkhaan]
үрүҥ күн тахсар эйиэхэ анаан
былыттар усталлар эйиэхэ анаан
көмүс ый күлүмнүүр эйиэхэ анаан (эйиэхэ анаан)
үрүҥ күн тахсар эйиэхэ анаан
былыттар усталлар эйиэхэ анаан
көмүс ый күлүмнүүр эйиэхэ анаан (эйиэхэ анаан)
[куплет 2: михаил кычкин, михаил кычкин, андрей говоров, erkhaan]
ахтылҕан төлөннөөх иэйиитин
эйиэхэ мин анаан ыллыаҕым
ахтыбыт долгуйбут сүрэххин
сылааһынан мин илгийиэм
күлүм уот чаҕылхай сыдьаайа
сырдата туруохтун эн сырдык
нап+нарын бэйэлээх имнэргин
кэп+кэрэ арылхай бэйэҕин
[припев: михаил кычкин, андрей говоров, erkhaan & михаил кычкин]
үрүҥ күн тахсар эйиэхэ анаан
былыттар усталлар эйиэхэ анаан
көмүс ый күлүмнүүр эйиэхэ анаан (эйиэхэ анаан)
үрүҥ күн тахсар эйиэхэ анаан (үрүҥ күн)
былыттар усталлар эйиэхэ анаан (былыттар усталлар)
көмүс ый күлүмнүүр эйиэхэ анаан
[инструментал: михаил кычкин, андрей говоров, erkhaan & михаил кычкин]
көмүс ый күлүмнүүр эйиэхэ анаан (көмүс ый күлүмнүүр)
көмүс ый күлүмнүүр эйиэхэ анаан
[припев: михаил кычкин, андрей говоров, erkhaan & михаил кычкин]
үрүҥ күн тахсар эйиэхэ анаан
былыттар усталлар эйиэхэ анаан
көмүс ый күлүмнүүр эйиэхэ анаан (эйиэхэ анаан )
үрүҥ күн тахсар эйиэхэ анаан (үрүҥ күн)
былыттар усталлар эйиэхэ анаан (былыттар усталлар)
көмүс ый күлүмнүүр эйиэхэ анаан
[аутро: михаил кычкин, михаил кычкин & андрей говоров]
көмүс ый күлүмнүүр эйиэхэ анаан
Random Lyrics
- maimymayo - black knife with | deltarune chapter 3 cover lyrics
- someplace - promise lyrics
- weglobe - where do we go? lyrics
- valley of wolves - they don't make 'em like me lyrics
- bina bianca - so süß lyrics
- onurnoir - tanı lyrics
- felipe renfro - dopamine décor lyrics
- ananyev - pripev priview lyrics
- m15h - #gamechanger lyrics
- saint paris baby - own me lyrics