syys ys - кута (the mire) lyrics
барыар түүн усталлар
баһа суох ырыалар
сүрэхпэр мусталлар
тыына суох ыралар
кырыктаах бириэмэ
кулгаахпар кыланна:
“эдэриҥ эйиэнэ
өлөргө кыранна!..”
оччоҕо бэйэбин
мин саҥа билэбин
олорбут үйэбин
хайыһан көрөбүн;
кэрэгэй кэскилбин
киил маска кэрдэбин
баар эрэ кэс тылбын
барытын күүрдэбин
минньигэс ыранан
бэйэбин албыннаан
үөрүүлээх ырыанан
сүрэҕим айманна
дьэ кэлиҥ, дьэ кэлиҥ
илбистэр, кыргыстар
тимириҥ, тимириҥ
о дьоллоох алгыстар!
сир муҥнаах төрүөҕэ
эн хааныҥ сүүрэрин
хараҕым көрүөҕэ
мичээрдиэ сүрэҕим
бириэмэ бааһырбат:
ким өлүө, ким төрүө
өлүҥ да, баҕардар
оннооҕор мин өлүөм!
минньигэс ыранан
бэйэбин албыннаан
үөрүүлээх ырыанан
сүрэҕим айманна
дьэ кэлиҥ, дьэ кэлиҥ
илбистэр, кыргыстар
тимириҥ, тимириҥ
о дьоллоох алгыстар!
минньигэс ыранан
бэйэбин албыннаан
үөрүүлээх ырыанан
сүрэҕим айманна
дьэ кэлиҥ, дьэ кэлиҥ
илбистэр, кыргыстар
тимириҥ, тимириҥ
о дьоллоох алгыстар!
cancel
Random Lyrics
- ven (벤) (kor) - taste lyrics
- henry snipes - blood & bread (family first) lyrics
- noeljoelciel - blue to gold lyrics
- layla rey - i want you to ride lyrics
- cocky (bgr) & js (bgr) - не си говорим (ne si govorim) lyrics
- javed ali, a. r. reihana & benny dayal - suraj hai chanda hai lyrics
- levko durko - булочка (bun) lyrics
- jorge fandermole - necesitaría lyrics
- f.o.x.x. (nl) - no feelings (ak remix) lyrics
- aftermath751 - choir lyrics